В редакцию Лайф14 обратился северянин Павел Баягантаев, как выяснилось, именно он нашел раненую птицу:
— Это Канадский журавль (в Якутии не в Красной книге) с виду молодой (весит где-то 3-4 кг) исхудавший конечно, из-за того, что ползал на животе. Перья на животе вымокли, а часть слезла, пока неизвестно сколько он в таком состоянии находился.
А так птица оказалась с характером. Там, где я его нашел пытался траву щипать, а может, что-то в нем ковырял.
Нашел его напротив Зеленого мыса (это бывший отдельный поселок, ныне как микрорайон в 3 км от Черска), на той стороне реки Колымы, где коса тянется с острова. Он выскочил с криками предо мной из кустов и пытался убежать на корточках, опираясь на крылья.
Я сразу заметил, что-то не так с лапами, потому что он их волочил за собой. Как потом выяснили в ветеринарии, на одной лапе открытый перелом сустава, и на второй тоже перелом, да еще опухший.
Ну как-то не по себе было его оставлять в таком виде, рядом вороны и стервятники летали, а он такой беззащитный.
У нас, у народа саха, журавль тотемное животное, символ верности.
Потому и пришлось положить его в мешок, и нести на руках до ветеринарии (Черска).
Ветврач Анна Винокурова осмотрела птицу и диагностировала многочисленные раны нижних конечностей, предположительно дробью, — сообщили Департаменте ветеринарии Якутии.
О поступлении раненой птицы Павел уведомил районную инспекцию охраны природы. Он же с помощью специалистов Института биологических проблем криолитозоны СО РАН определили вид птицы – канадский журавль, не относящийся к Красной книге.
Журавлю в Черском была оказана первая ветеринарная помощь до отправки в Якутск. Раненой птице требуется высокотехнологичная операция с наложением шин и спиц.
— Пришлось самому весь день звонить в Якутск в МинПрироду, Дирекцию биологических ресурсов, зоопарк «Орто дойду».
В МинПрироды секретарь долго отсылала, потом все-таки через портал Якутия.ру связались с пресс-секретарем и довели информацию до министра. И только вечером получили решение, что передадут в зоопарк Орто дойду.
Но журавль пока находится в Черском, а ближайший самолет в субботу, будем надеяться, что это дело не затянется.
В авиакассе Павлу сказали, что перевозка будет стоить больше четырех тысяч рублей. Журавлю требуется срочная операция иначе ампутируют лапы и он не сможет вернутся в дикую природу.
После долгих переговоров с секретарем Павлу позвонил специалист из Дирекции биоресурсов и развел руками. Как оказалось средства в таких случаях брать не откуда. Даже дальнейшая судьба белого медведя, которого недавно привезли в Якутск до сих пор не известна.
А до зоопарка «Орто дойду» Баягантаев так и не смог дозвониться. Сотовые и стационарные телефоны директора не отвечают.
«Так что можешь такой заголовок написать «Помочь или пройти мимо»», — подсказывает мне Павел.
По словам Баягантаева, вопрос с отправкой журавля остался открытым: — «Кто и за чей счет его отправит, кто встретит, кто отвезет в зоопарк (40 или 60 км от Якутска), сделают ли операцию должным образом и за чей счет и.т.д.?».
«Прошу отозваться не равнодушных людей (инициативную группу), которые помогли бы пристроить в хорошую ветклинику, питомник, любой заказник России, или может даже за ее пределами. Да и просто встретить, увезти, привести на машине и деньгами помочь, а то мне одному это хлопотно выйдет. Один перелет с Черского до Якутска предположительно в 5.000-10.000 руб обойдется.
Думаю что на чиновников не стоит полагаться.
В Якутске примерно нашел ветклинику но, она как конечная, туда привозят как сказали тех от кого все отказались, там такая операция предположительно обойдется 2.000-7.000 руб. но это не факт, помимо этого за прием 3000 руб., ну медикаменты наверно, послеоперационные перевязки наверное раз в неделю или чаще. А еще сперва на рентген надо везти в другую клинику 2.000 руб», — обратился Павел к неравнодушным якутянам.
По всем вопросам просит обращаться к нему по телефону или вотсапу —+7 914 223-46-11.
Кыталык ийэ.
Сарсыардааҥы күн уота уол сирэйин кыһыл көмүс сардаҥаларынан оонньоон сүгүн утуппата, хайыаҕай Петя уһуктаан хаалан турарыгар тиийдэ.
Петя уол быйыл 7 кылааһы бүтэрэр, кини аҕатын кытары иккиэйэх эрэ олороллор. Ыраах хоту дойду буолан олорорго сүрдээх уустук, ас-таҥас кырыымчыга, сатахха аҕата ийэлэрэ өлүөҕүттэн улам-улам иһэр буолан барбыта. Оскуола коллектива төһө да Ыстапаан иһэрин биллэр, бөһүөлэк дьоно бары харахтарын симэр этилэр, тоҕо диэтэр урут ийэлэрэ баарына баайдык тоттук-олорбут дьон этэ, ийэлэрэ барахсан үтүө санаалаах буолан, кыаммат-түгэммэт дьоҥҥо бары кыаҕынан барытынан көмөлөһөрө, бөһүөлэккэ бастакы атыыһыт этэ, маннык ыраах сиргэ 90-с сылларга бородуукта олоччу суох кэмигэр элбэх ыалы аччыктааһынтан быыһаабыта, ону да өйдөөн буолуо. Онтон аҕалара Ыстапаан сэбиэскэй кэмҥэ таба ыстаадатын биригэдьиирэ этэ. Наһаа да аламаҕай майгылаах, уйгу-быйаҥ олохтоох, дьолоох ыал этилэр. Аан бастакы мототцикл, буран, цветной телевизор, видеокамера талбыта баар буолара, ол бэйэлэрэ ийэлэрэ соһуччу массыынаҕа эмсэҕэлээн өлүөҕүттэн, улам-улам дьадайдар-дьадайан бартара. Ыстапаан олус аламаҕай майгылаах хаһан даҕаны Анятыгар атаҕастабыл диэни биллэрбэтэҕэ, хата төттөрүтүн Аня үөлээннээхтэрэ күннэтэ, «кэргэним миигин *атаҕастыыр*», диэн үҥсэргиир буолаллара. Петяҕа бары барыта баар оҕото буолан, бииргэ улаатан эрэр доҕотторугар эҥин араас оонньуурдарынан *киһиргэнэр* буолара.
Бүгүн сарсыарда Петя Иллээх хочо диэн күөлгэ табаарыстарын кытта сөтүөлүү барда, арай ол сылдьан от быыһыттан кыната тостубут кыталык оҕотун тутан ылла. Болҕойон көртө бу кытылык оҕото барахсан хараҥыттан уу-хаар баһар *ытыыр* эбит, уол ону көрөн ордук аһынна, оргууй илиитигэр ылан хурустаал таас ыстакаанныы көтөҕөн дьиэтигэр аҕалла. Санаатыгар эмиэ да, оо аҕам үлэтиттэн кэллэҕинэ төһө эрэ *кыыһырар*, дии саныы сытта. Уол соҕотох кыайан олорбот буолан аҕата муҥнаах аны бөһүөлэк киһитэ буолбута, ыстаадаттан уурайбыта, чэ сайын баҕардар ыстаадаҕа сылдьыа этилэр, онтон кыһын уолу ким көрүөй? Сатахха Ыстапаан бииргэ төрөөбүттэрэ бары Бүлүү эҥэр тиийэн олохсуйбуттара, майгылара-сигилилэрэ олох атын, бииргэ төрөөбүт бырааппыт да диэн аанньа ахтыбаттар, ойоҕо Аня өлбүтүгэр биир бырастыы, быраһаай, уоскутуу тыллары кинилэртэн истибэтэҕэ, ол онтон ордук Ыстапаан кэлэйбитэ, бэйэтиттэн, дьонуттан, олохтон. Киниэххэ таптыыра диэн биир чороҥ соҕотох 1 сааһын саҥа ааспыт уола эрэ буолара, онтон ордук кимэ да суоҕа. Дьиҥэр Ыстапаан илэмэ-салама үлэҕэ үлэлиирэ да, бииргэ улааппыт нойоот уолаттар хамнаһын арыгыннан төлүүллэрэ, биир эмит үтүө санаалаах киһи түбэстэҕинэ маҕаһыыҥҥа иэскин төлүөм диирэ, эмиэ арыгы ылыа диэн илиитигэр туттарбаттара, онон хамнас диэни тутан көрбөтө. Ол курдук Ыстапаан барахсан «Арыгы уонна олох икки ардыгар *охсуһар*», түгэннэрэ үүннүлэр.
Ыстапаан киэһэлик хойутуу кэллэ, Петя кинигэ ааҕа сытар. Уол олохтоох библиотека кинигэтин куучча барытын аахта, ханнык үөрэххэ үөрэнэ барарын чопчу билэрэ, ол эрэн ол баҕата кыайан олоххо киирэрэ дуу? киирбэтэ дуу? Уол онтон улаханнык дьиксинэр, мунаарар, *мунчаарар*, аҕатын быраҕан барар түгэнигэр кини киһи буолбат диэн билэр. Аҕата кэллэ кэлээт, хайа нокоо ас астаатыҥ дуо? диир. «Астаан аҕаа, астаан, бүтэһик кэнсиэрбэ хаалбытын, уонна биир макарон хаалбытын буһардым», диэхтээтэ. Дьиэ иһэ уу чуумпу буолла. Ыстапаан оһох иннигэр, төҥүргэскэ олорон табах ылан эҕирийэ олордо, хараҕыттан уу-хаар баста. Хайа ким да кэлэ сылдьыбата дуо?, уотуттан ыйытар, «Суох ким кэлиэй, тугу көрдүү кэлиэхтэрэй?» Уол абаланан саҥарбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалла.
Ыстапаан: «Туох диигин? Тугу көрдүү даа? Көннөрү да, кэлиэх этилэр буоллаҕа, дии, дии Ыстапаан, *кыыһырар* куолаһынан, хаста да хат, хат, хатылыы олордо. Ол кэмҥэ оһох кэннигэр туох эрэ *тоҥсуйар* тыаһа иһилиннэ, «Бай манна туох баарый?» дии-дии, оһох куолаҕайын өҥөйтө, кырыылаах тумустаах, кынтаҕаркаан бэйэлээх кыталык кыыл кэлэн, илэ бэйэтинэн олорор эбит, бабат-татат, Ыстапаан олуһун дьиктиргээтэ, соһуйан тиэрэ бара сыыста. Хайа нохоо айыы көтөрүн аҕалбыккын тоҕо кэпсээбэккин?, аҕата уолуттан ыйытта.
Петя: «Ээ ити, бүгүн Иллээх хочоттон булбутум, эйиигин иитэрбин син биир *сөбүлэспэт* диэн кистии сатаабытым сатаммата.
Ыстапаан: «Ама хайаан сөбүлэспэт буолуомуй, Айыы көтөрө дии, баҕар кини биһиэххэ дьолу-үөрүүнү аҕалыа дии, мин оҕо сылдьан эмиэ эн сааскар, кыталык оҕотун ииппитим, сылын ахсын кэлэн ааһар үгэстэммитэ, арай эн ийэҥ өлбүтүн эрэ кэннэ кэлбэтэҕэ, ол аата ийэбит кута баҕар кындыа кыталык кыыс буолан кэлбитэ буолуо, диэтэ. Петя аҕатын тиийэн кууһа түстэ, ол курдук өр да өр уол аҕатынаан куустуһан турдулар, кыталыктарын оҕото хааман кэлэн Петя ырбааҕытыттан иччим бу баар диэбиттии *ытырар*, баарын биллэрээхтиир.
Дьэ ол курдук Петяҕа бүгүн хаһан да буолбатах, дьикти күн үүннэ, аҕата киэһээҥҥи аһылыкка бытыылкалаах арыгытын ылан, иһэр үгэстээх эбит буоллаҕына, бүгүн тоҕо эрэ испэтэ, уол онтон эмиэ ордук үөрдэ, дьиэлэрин отуннулар, бүгүн сылаастык утуйар күннэрэ үүммүт. Киэһэлик сөпкө соҕус нухарыйбыттара.
Ыстапаан Анятын кытта аан бастаан билсибит сирэ бу Иллээх хочо күөлүн кытыла этэ. Кинилэр Аня бу сиргэ география учууталынан ананан кэлиэҕиттэн, кыыс бастакы кэлбит күнүттэн билсэн барбыттара, кыыс киирбит-тахсыбыт, күлэ-үөрэ сылдьар эдэркээн уолчааны тутатына сөбүлээбитэ, ол курдук сылга тиийбэтинэн билсиһээт тутатына бииргэ олорон бартара. Ыстапаан сылга тиийбэт кэм иһигэр чугас табаарыстарын көмөлөрүнэн бэйэлэригэр сөрү-сөп дьиэ тутта охсубута. Төһө да сэбиэскэй былаас эһиннэр, ырыынак кэмнэрэ да буоллар, эдэркээн, икки тэҥҥэ битийэр сүрэхтэр ол кыһалҕаны билиммэтэхтэрэ, хата чугас эргин табаарыстарыгар, туох баардарынан, ас буоллаҕына ас, таҥас буоллаҕына таҥас көмөлөһөллөрө. Ыраах сиртэн саҥа учууталлыы кэлбит доҕоторугар төһүү күүс буолаллара. Кыталыктаах бөһүөлэгэ биир үксүн кинилэр көмөлөрүнэн, бастаан 9 кылаас, кэлин 11 кылааска тиийэ улаатта.
Аня Ыстапаанныын аан бастаан билсиһиилэрэ маннык этэ. Аня устудьуоннуу сылдьан хоту дойду кыргыттарын кытта уопсайга бииргэ олорбута онон, хоту дойду балыгын олус сөбүлээбитэ, уонна санаатыгар, «хоту да дойду уолугар ойох таҕыстарбын», дии саныыра. Кэлбит күнүгэр Иллээх хочоҕо Ыстапаан диэн уол балыктыырын иһиттэ, кыыс тулуйбата, оскуолатыттан дьиэлээн истэҕинэ, биир эдэркээн уол мас тыынан устан, балыктыы сылдьарын көрдө да, күөл кытылыгар ойон тиийдэ.
Ыстапаан илимнэрин бэрийэн, кытыл диэкки устан истэҕинэ, арай томтор үрдүгэр биир эдэркээн кыыс турар, уол өйүгэр «илиибин салгыҥҥа уурабын» диэн ырыа тыла охсуллан ааста. Кытылга кэлэн, балыктарын хомуйан сыыр үрдүгэр тахсыытыгар, кып-кытархай сирэйдээх, дьэдьэн кыһыл уостаах, тыалга охсуллар уп-уһун суһуохтаах, хап-хара харахтаах харахтаан көрбөтөх кыыһа кэлэн турар эбит.
Аня: «Дорообо, Аня диэммин».
Ыстапаан: «Үтүө күн, Ыстапааммын».
Аня: «Мин саҥа учууталбын, миэххэ баһаалыста балыккыттан бэрсиэҥ?», кыыс төһө да кыбыһыннар ыйытта.
Ыстапаан наһаа соһуйа иһиттэ, ама балыкка наадыйар киһи баар эбит дуо? диэн, «Ээ, бэрсэн буо, мэ маны эйиэххэ, диэн 5 балыгы ылан туспа куулга симтэ», ол кэмҥэ үөһээ мэҥэ халлааҥҥа кыталыктар лыҥкынас саҥалара охсуллан ааста. Уол одуулаан көрбүтэ бэйэлээх бэйэтин кыталыга баар эбит. Ол курдук күөл үрдүнэн үстэ эргийээт, уоллаах-кыыс аттынан адьас намыһаҕынан көтөн ааспыттара. Ол кэмҥэ Аня, соһуйбут да, үөрбүт да харахтарын көрөн, уол сүрэҕэ хамсаан ылбыта. Онтон эппитэ «Аня, эн арааһа кыталыгы чугастан хаһан да көрө иликкин Ээ, быһыыта? диэн ыйыппыта.
Аня: «Ээ суох буоллаҕа, бу мин саҥа көрүүм».
Ыстапаан: «Онтон арай өссө чугастан көрүөххүн баҕараҕын?».
Аня: «Наһаа буоллаҕа дии».
Ыстапаан: «Оччоҕо бүгүн киэһэ бу кытылга кэлээр».
Ол курдук кыыстаах-уол, хас киэһэ ахсын, Иллээх хочо кытылыгар мустар үгэстэммиттэрэ, дьол кутаата, таптал абылаҥа, кинилэри күүскэ кууспута.
Ыстапаан бу түүн түүл түһүүр.
Түүлүгэр сааскы сандал күн Иллээх хочо кытылыргар тиийэн турар. Күөл кытыытыгар 7 кыталык уста сылдьар, ол онтон биир кыталык Ыстапааҥҥа уун утары устан кэллэ, улам чугаһаатар чугаһан, кытылга кэлэн охсуллуутугар бэйэлээх бэйэтин Анята буолан хаалла. Аня Ыстапаан аттыгар кэлэн, ити кыталыгы эһиги иитиҥ, ити мин сылдьабын. Ити кыталык эһиэххэ дьолу-соргуну эрэ аҕалыа, Петябын үтүө киһи оҥор, мин эйиэхэ эрэнэбин Ыстапаан, оҕом сыыһын наһаа да аҕынным, куруук эһиги аттыгытыгар буолар баҕаттан, ити кыталык буолан кэллим. Чэ быраһаай, диэтэ күөлгэ киирээт кыталык буолан уста турда, Ыстапаан хаһан күөл түгэҕэр тиийэн сүтүөхтэригэр диэри одуулаһан хаалла. Бу түгэнтэн ыла Ыстапаан олоҕо тосту уларыйбыта, арыгыттан ончу *арахсар*.
Хайа Тыала.