“Хардыы” рок — бөлөх солиһа Ганнибал: «Инструменнааҕым буоллар ырыа бөҕө айыам эбитэ буолуо”

Тохсунньу 19 күнүттэн режиссер Дмитрий Давыдов “Эдэр саас” диэн саҥа киинэтэ Саха сирин уонна Россия бөдөҥ куораттарын кинотеатрдарыгар тахсаары турар.

Амма төрүт олохтооҕо, онно олорон айар — тутар, киинэ устар режиссер, сценарист Дмитрий Давыдов бэйэтэ билинэринэн, “Эдэр саас” киинэ “Хардыы” рок – бөлөх ырыаларын сабыдыалынан айыллыбыт. Киинэҕэ бөлөх солиһа, төрүттээччитэ Гаврил Колесов – Ганнибал суруйбут аҕыс ырыата киирэн үйэтитилиннэ.

“Хардыы” ырыаларын үйэлээх хардыыта

90-с сыллардааҕы олох түөрэ уларыйар кэмигэр саха культуратыгар “Хардыы” рок-бөлөх киэҥник уонна эрэллээхтик хардыылаан киирбитэ. Саха сиригэр тыыннаах дорҕоон сайдыытыгар суолу тэлэн, сахалыы рок-музыканы киэҥ араҥаҕа иһитиннэрбит тус көрүүтүнэн киэргэтиитэ суох олоххо баары туойбут, 90-с сылларга сындыыс сулус буолан умайбыт Гаврил Колесов-Ганнибал буолар. “Хардыы” рок-бөлөх олох кырдьыгын сэһэргиир ырыалара сотору кэминэн киинэ театрдарыгар тахсаары турар “Эдэр саас” диэн Дмитрий Давыдов киинэтигэр үйэтитилиннилэр. Аныгы ыччакка Гаврил Колесов-Ганнибалы билиһиннэрэбит.

Биһиги улаатар кэммитигэр гитара көмүс үйэтэ кэлбитэ. Оҕо барыта сатыыра. Гитараҕа оонньуур буоллуҥ да “красавчик” буолаҕын. Бастакы ырыаларбын оскуолаҕа сылдьан суруйбутум. Ол саҕанааҕы гитара кыһыл көмүс үйэтин ыччаттара вокальнай инструментальнай ансамбылларга иитиллибиппит. Тас дойду ырыаһыттарын истэр бобуулаах кэмнэригэр тоҕоостоох түгэн көһүннэр эрэ уһун баттахтаах, клеш бүрүүкэлээх “Биттлзтары” истэрим. Хайдах эрэ уларытыылары киллэрэр санаалар оччоттон үөскээбиттэр эбит. Онон ВИА буолбакка, рок-бөлөх тэрийэр санаа киирбитэ.

Кэлин “Хардыыга” сыстан ыллаһан барбыттар элбэхтэр. Билигин, хомойуох иһин, ол бастакы састааппытыттан иккиэбит эрэ…

Аны дьиктитэ диэн Пана Устинов, Ромка Сэмэнэп уонна мин үһүөн биир төрөөбүт күннээхпит – кулун тутар сүүрбэ үс күнэ. Онон урут “Хардыы төрөөбүт күнэ” диэн кэнсиэр, бырааһынньык бөҕө буолар этэ. Саамай саастаахтара мин этим. Уолаттарым эдэр саастарыгар олохтон туораабыттара хомолтолоох…Хаһан эрэ мин эмиэ барыам, букатын кэлбит суох буоллаҕа… Дьиҥнээх олох өлбүт кэннэ салҕанар дииллэр. Соҕотох кэриэтэ хааллым, арааһа Орто дойдуга оҥоруохтаахпын өссө да оҥоро иликпин, иэһим элбэх быһыылаах, онон иэскэ киирэрбин “сөбүлүүбүн”.

Хас биирдии ырыабыт барыта историялаах. Кэнники санаатахха, биһиги уратыбыт диэн — ырыаларбыт бары киинэ курдук эбиттэр, олох туһунан кырдьыгы сэһэргииллэр. Тыл икки өрүттээх: үөҕэн хайгыахха сөп – хайҕаан үөҕүөххэ эмиэ сөп. Айар турукка киирдэххэ ырыа тыла матыыпка дьүөрэлэһэн бэйэтэ тахсан кэлэр.

Кэнники ырыа айарбын куттанар буолан эрэбин. Урут иэйии киирдэ да, үрдүнэн — аннынан кэллэ да, суруйар этим. Билигин дьоҥҥо таһаарыахпын сэрэхэчийэбин. Эппитим, суруйбутум олоххо туолан иһэр курдук… “Элбэх харчы, джип массыына” диэн ыллыаха баара, үчүгэйи ыралаан.

Истээччи сөбүлүүр ырыатын эрэ истэр быһыылаах. “Арыгы” диэн ырыабытын аһыы утаҕы көҕүлээһин курдук диэн истээччилэр ылымматахтара эрээри, сүрдээх лирикалыы матыыптаах ырыа. Майаҕа “Хатыҥнар” диэн ырыабын ыллаабыппар, саҥа ырыа дуо диэн ыйыппыттара. Ону “Түөһэйэн эрэр ырыа, ааспыт үйэҕэ ылламмыта” диэбитим.

90-с сылларга Майаҕа ресторан муодата кэлбитэ. Онно нууччалары үтүктэн тыыннаах музыканан, сыыһа-халты да буоллар, бэйэбит ырыаларбытын ыллыырбыт. Онно дьону үҥкүүлэтээри түргэн тэтимнээх ырыалары толорор буоллахпытына, аны наҕыл үҥкүүгэ анаан “Хаар” диэн ырыа суруллубута. Билигин сыанаҕа ыллыы таҕыстым даҕаны “хаар да хаар” диэн хаһыы-ыһыы бөҕө буолаллар, оччоҕо хайыахпыный? Атын ырыаны ыллаары туран “хаардаан” киирэн барабын.

Фонограмма үрдүнэн хаһан да ыллаабаппын, тыыннаахтыы ыллыырбын ордоробун. Бэлэмҥэ ыллыам кэриэтэ, туох баарынан ынчыктаан даҕаны ыллаабыт көнө.

Сааһыран истэххэ хайдах эрэ олох тэтимэ бытааран, биир кэм буолан иһэр. Урут эдэр сылдьан хас хардыыбыт барыта мүччүргэннээх сырыы буолара. Эдэр саас диэн үөрүү буоллаҕа.

“Саха театрын” туруорууларыгар биһиги ырыаларбытын туһанааччылар, ол иһин РОА диэҥҥэ киллэртэрбиттэрэ. Онон ырыаларбытыгар ааптар бырааба сокуонунан миэхэ баар.

“Эдэр саас” режиссера Дмитрий Давыдов “Хардыы“ интэриэһин көмүскүүр диэн истибитим.

Билигин бу олорон хоһоон тылларын өйбөр эргитэ олоробун.

Аны туран миигин уот батыһар курдук, икки дьиэм умайбыта. Ол алдьархайга үлэм киниискэтэ уокка былдьанан, билигин үлэм ыстааһа тиийбэт буолан биэнсийэҕэ тахсыбакка сылдьабын. Биэнсийэҕэ тахсарбар хас биирдии үлэлээбит сирбиттэн дакаастабыл, мэктиэ көрдүүллэр.

Биэс уоммун туоларбар Дьокуускайтан рок-музыканнары ыҥыран кэнсиэр оҥорбутум. Онно Ваня Кривогорницыны ыҥыран, устуоҥ дуо диэбиппин, кэлэн устубута уонна устунан хас да сыл үлэлээн документальнай киинэ оҥорон таһаарбыта. Чиэһинэйдик хайдах баарынан уһуллубут киинэ.

Кэпсэттэ Надежда Ильина — Мордовская

Сообщить

What do you think?

Written by admin

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

GIPHY App Key not set. Please check settings

Перед Новым годом в Жиганском улусе прошла ярмарка местных производителей

Ученики резидентов Алданского бизнес-инкубатора успешно выступили в региональной олимпиаде по ментальной арифметике и скорочтению