Тумулга туризм сайдар

Ааспыт сылтан дойду үрдүнэн балаһыанньа, быһыы-майгы уларыйан, тас дойдулар санкциялара күүһүрэн бэйэбит оҥорор өҥөлөрбүт, иһинээҕи туризм таһыма лаппа үрдээтэ, бу хайысхаҕа үлэлэһэр дьон ахсаана элбээтэ.

Хаҥалас улууһун кэрэ айылҕата уруккуттан да дьону умсугутар, абылыыр күүстээх, ону Булгунньахтаахтан саҕалаан Сиинэҕэ тиийэ Өлүөнэ эбэ арҕаа кытылынан субуруһар сайыҥҥы туристическай базалар туоһулууллар. Оттон 200-тэн эрэ тахса нэһилиэнньэлээх Тумулга туризм эмиэ үүнэр-сайдар чинчилээх. Ону бу соторутааҕыта Тумулга хаһыат күннэрин чэрчитинэн тиийэ сылдьан илэ харахпытынан көрдүбүт, билистибит.

Ивановтар — нэһилиэк биир сис ыала. Аҕалара Родион Артамонович үс болдьоххо нэһилиэккэ баһылыктаабыта, кэргэнэ Людмила Афанасьевна өр сылларга оскуолаҕа үлэлээбитэ. Кинилэр улахан кыыстара Сардаана Корякина урбаанньыт буолан, биир үтүө күн «дьиэбититтэн чугастыы туристическай база тэриниэҕиҥ, дьону-сэргэни көрсөр, сынньанар сир оҥостуоҕуҥ» диэн төрөппүттэрин кучуйбута. Дьэ, хайдах биир сүбэнэн бу сонун хайысханы ылсыбыттарын, сынньалаҥ базатын тэриммиттэрин туһунан ыал ийэтэ Людмила Иванова көрсөн кэпсээтэ:

— Мин урутуруккуттан туох эрэ бэйэ дьыалатын тэринэр баҕалааҕым. Аҕабыт баһылыктыыр кэмигэр дьону-сэргэни, ыалдьыттары олохтооһун, түүн-күнүс таарыйар айан дьонугар хонук сирдэрин булуу куруук уустук боппуруос, кыһалҕа буолааччы. Биирин үксүн ол да иһин буолуо, сынньалаҥҥа тахсан бараммын сөбүлүүр дьарыкпынан — ас астааһынынан дьарыктаныам диэн ыраланарым. 2021 сыллаахха доруобуйабынан үлэбиттэн уурайарга күһэллибитим. Ол кэмҥэ кыыспыт Сардаана кафелаах туристическай база арынар туһунан этии киллэрдэ. Оччолооҕу истээт, биһиги биир сүбэнэн сөбүлэстибит, хайдах-туох дьаһанарбытын былаанныы оҕустубут. Кыыспыт аах Дьокуускайга икки учаастактаахтарын атыылаан кэбистилэр, мин матырыйаал, тутааччылары булуу түбүгэр түстүм, аҕабыт эмиэ үөрүүнү кытта сөбүлэстэ уонна бэрт кылгас кэм иһигэр үс эбийиэгинэһилиэк пааркатын таһыгар панорамнай түннүктэрдээх А-быһыылаах ыалдьыттары көрсөр икки дьиэни уонна олорор тиэргэммитигэр икки этээстээх (иккис этээһэ аһаҕас) сайыҥҥы кафены тутан дьэндэтэн кэбистибит. Бу дьиэлэрбитин Покровскайтан Эдуард Быганов биригээдэтэ туппута.

Кафебыт Өлүөнэ эбэбитин өҥөйө, очуостары уунутары турар, онон «Кытыл» диэн ааттаах. Кыргыттарбыт иккиэн дьиэни-уоту тупсарар дьоҕурдаахтар, дизайнерскай көрүүлээхтэр, онон иһити-хомуоһу, малы-салы бэйэлэрэ сакаастаан, булан-талан туруорбуттара. Бастаан утаа, ааһар дьону аһатар кафе курдук үлэлээри былааннаабыппыт. Онтон «бу бэйэлээх кэрэ айылҕалаах сиргэ олорорбутун кэлии дьон даҕаны тоҕо дуоһуйа көрүөхтэрэ суоҕай, астына минньигэс аһы аһаан, хонон-өрөөн сынньаныахтаахтар буоллаҕа дии» диэн сыал-сорук туруоруммуппут. Сайын устата ыалдьыттар тоҕуоруһа кэлэллэр. Кинилэр баҕаларынан былырыын кафебытыгар салҕааһын бэйэбит күүспүтүнэн туттубут, онон банкетнай саала оҥостон арендаҕа биэрэр былааннаахпыт. Олохтоохтор эмиэ олус өйүүллэр, сакаас киирэ турар, ыалдьыттарын аҕалан куруук күүлэйдэтэллэр.

тумул хаҥалас

— Людмила Афанасьевна, оттон бу кафеҥ аһын-үөлүн бэйэҥ соҕотоҕун астыыгын дуо? Көмөлөһөөччүлээххин дуу?

Оннук, барытын бэйэм астыыбын. Астына-дуоһуйа, сылайары умнан, умсугуйан туран астыыбын. Менюбун бэйэм оҥоробун, сонун рецептары боруобалыыбын, оҕуруотум аһын бэйэм олордобун. Манна сайыҥҥы уу ситимэ тардыллан абыранныбыт. Эппит бэйэбит киэнэ, сылгы, куурусса иитэбит. Аныгы дьон сөптөөх аска көһөн куурусса, индюк этин баҕараллар, онон боруобаҕа диэн быйыл 10 индюк чоппууската ылан иитэ сылдьабын. Инникитин турбазабытыгар кус-хаас, эриэккэс дьиэ көтөрүн иитэн көрдөрүүгэ, контактнай зоопарка курдук тэринэр баҕалаахпыт. Кэлбит ыалдьыт, холобура, кууруссаны аһатар, ол оннугар сымыытын ылан сиир. Өссө тэпилииссэ туруоруохпут, ыалдьыттар уу кутан баран оҕурсуну ылан сииллэрин курдук. Быйыл кыһын кафебытын үлэлэппэтибит, тыала бэрт буолан суолбут тибиллэ турар, ону астарар эмиэ ороскуоттаах. Ол иһин кыһыҥҥы сезоҥҥа Өлүөнэ очуостарыгар кафебытын үлэлэттибит. Сайын кафебытыгар бэйэбит барыанньабытын, сироппутун, соҕотуопкабытын атыылыыбыт. Кыргыттарым бэйэлэрэ атыыһыттыыллар, миэхэ, биллэн турар, күүс-көмө буолаллар.

Ыалдьыттары көрсөр дьиэлэргит туһунан билиһиннэр эрэ.

Аныгылыы А-frame диэн быһыылаах икки дьиэлээх сынньалаҥ базабыт «in_the_wood_ykt» диэн, ис барааннара «сканди» уонна «лофт» аныгы стильгэ эппиэттэһэллэр. Манна 5-7 киһилээх хампаанньанан кэлэн, хонон-өрөөн ааһарга бары усулуобуйа барыта баар: суунарга-тараанарга уу, утуйар ороннор, иһит-хомуос, телевизор, кондиционер, остуол, олоппос. Тиэргэнигэр мангал, оҕо оонньуур былаһаакката, батут баар. Кэрэ көстүүлээх сиргэ турар, айылҕалыын алтыһарга олус табыгастаах.

Кэлэн сынньаммыт дьон бары олус астынан, махтанан бараллар. Биһиэхэ өрөспүүбүлүкэ араас улууһуттан, Россия эрэгийиэннэриттэн тиийэ ыалдьыттар кэлэн бараллар. Кафебытын, дьиэлэрбитин сэтинньи ыйга диэри үлэлэтэбит. Үгүс дьон төгүрүк сыл үлэлээҥ диэн баҕаларын этэллэр, онон инникитин киин ититэр ситимҥэ холбонуохпут. Өссө биир былааммыттарбахтарыгар талааннаах дьону кытта үлэлэһии, дьиэлэрбитигэр олордон маастар-кылаастары тэрийии. Былырыын, холобура, биир дойдулаахпыт, худуоһунньук Галина Семенова 10 уруһуйдьуту аҕалан үс күннээх маастар-кылаас ыыппыта.

тумул хаҥалас

Бастакы хардыыларбытыгар, биллэн турар, урбаан өйөбүлүгэр ыытыллар улуус таһымнаах куонкурустарга кыттыбыппыт. Дьарыктаах буолуу киинэ (оччолорго дириэктэр Игорь Соловьев) тэрийбит куонкуруһугар кыттан 150 тыһ. солк. көмө ылбыппыт. Ол харчыбытыгар кафебыт тэрилингаас оһох, билиитэ, холодильник ылыммыппыт. Онтон эмиэ улуустааҕы «Грант предпринимательских инициатив» кыттан, 500 тыһ. солк. ылбыппыт, ол харчытыгар бэйэбит үппүтүттэн эбэн тыылаах уу мотуорун атыыласпыппыт, онон аҕабыт ыалдьыттарга экскурсия тэрийэр, Өлүөнэ очуостарыгар илдьэр-аҕалар. Бу курдук бизнеспит сайдарыгар дьиэ кэргэн бары түбүгүрэбит. Саамай сүрүнэ, ол онтон бары дуоһуйабыт, киһи сүрэҕэ, дууһата сытар дьарыгынан дьарыктаннаҕына, барыта табыллар, сатанар эбит, — диэн Людмила Афанасьевна дьиэ кэргэнин дьоҕус дьыалатын сэмэйдик билиһиннэрдэ.

Саҥа суолу тобулар урбаанньыттарга ситиһиини баҕарабыт!

Ольга ГЕРМОГЕНОВА

Ссылка на источник: https://ханаласгазета.рф/article/95183

Сообщить

What do you think?

Written by admin

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

GIPHY App Key not set. Please check settings

Как открыть швейный бизнес с нуля: история успеха Надежды Саввиновой

Программа празднования Дня Победы в Якутске